- 12.10.2024
- 118
- нет
Үчүгэйиэн бу сиргэ
Алтынньы 11 күнүгэр 1 Хомустаах нэһилиэгин «Үргэл» инбэлииттэр обществоларын көҕүлээһининэн, (сал. Березкина Т.А.) «Түмсүү» ветераннар балаҕаннарыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анаан «Үчүгэйиэн, бу сиргэ!» диэн истиҥ көрсүһүү буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ Нам, Бөтүҥ, Хатырык, Хамаҕатта, Үөдэй, Партизан нэһилиэктэриттэн кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Дьиэтээҕи сорудахха эрдэ айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһукка күрэх биллэриллибитэ.
Бу күрэххэ арыта 15 киһи кыттыыны ылла, 1 миэстэни Сысолятина А.С. (Үөдэй), 2 миэстэни Андросова Е.А. (Нам), 3 миэстэни Колпашникова Г.В. (Нам) ыллылыр.
«Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотеката «Бэйэ оонньуута» (Своя игра) интеллектуальнай оонньуу ыытта, манна Собакина Л.В. элбэх сөптөөх эппиэти биэрэн кыайыылааҕынан таҕыста, 2 миэстэҕэ Соловьева А.А., 3-кэ Феоктистов И.М. таҕыстылар.
Күрэхтэргэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар призтар туттарылыннылар.
Бу күн кэлбит ыалдьыттары «Алгыс» НАК үлэһиттэрэ ырыа-тойук доҕуһуоллаах, араас көрдөөх оонньуулары оонньоттулар, ырыа ыллаатылар, балаҕан үлэһиттэрэ минньигэс аһынан күндүлээтилэр.
Ити курдук, ыалдьыттарбыт дуоһуйа сынньанан, күлэн-үөрэн, оонньоон-көрүлээн, махтанан дьиэлэригэр тарҕастылар.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко