678393, РС (Якутия), Намский улус, с. Кысыл-Сыр, ул. Аммосова 74/1

НАмская МЦБС

1 Хомустахская федеральная сельская модельная библиотека нового поколения «Эйгэ»

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

20 Ноября
14 Ноября
5 Ноября

«ЯКТbook: Күөрчэх-шоу!»

«Эргийдэ, тэлээрдэ
Сыыдамнык, сымсатык,
Остуол ньуурун тилэ сүүрдэ,
Күөрчэх оонньуум тэлээрдэ…»

Сэтинньи 8 күнүгэр «Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотеката уонна «Эрэл» эдэр ыччат түмсүүтэ Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «ЯКТbook: Күөрчэх-шоу!» краеведческай күрэх ыыттылынна.
Күрэххэ уопсайа 4 эдэр дьиэ кэргэн хамаандалара кыттыыны ыллылар.
Ол курдук- Александр Захаров кыыһынаан Тайааналыын, Мария Лиханова Лейлалыын, Охлопкова Мария уолунаан Ньургуннуун уонна Иван Румянцев уолунаан Ньургуннуун.
Дьиэ кэргэн күннээҕи олоҕунан барбыт краеведческай күрэх уопсайа 5 түһүмэҕинэн барда.

1 түһүмэх – Дьиэ кэргэн сарсыардата «Күөрчэх».
2 түһүмэх – Оскуолаҕа саха литературатын уруога “Суруйааччылар псевдонимнарын таай”.
3 түһүмэх – Дьиэтээҕи сорудах “Саха суруйааччыларын айымньыларыгар өҥ-дьүһүн”
4 түһүмэх – Дьиэ кэргэнинэн сахалыы “Күөрчэх”оонньуу
5 түһүмэх — «Остуоруйалаһыы киэһэтэ».

Күрэх түмүгүнэн Захаровтар дьиэ кэргэн муҥутуур кыайыылаах аатын ылан «Играю с мамой» оҕо сурунаалын подпискатын бэлэх туттулар, дипломунан бэлиэтэннилэр.
Дьууллуур субэ5э эдэр ыччат түмсүүтүттэн үлэлээтилэр: Сивцева Саша уонна Скрыбыкина Лиза. Күрэх түмүгүнэн кыттыыны ылбыт дьиэ кэргэттэр күөрчэхтээх сандалы тула мустан күрэх туһунан санааларын эттилэр, маннык күрэхтэр ыытыллалара туһалааҕын бэлиэтээтилэр.
Бары кыттааччыларбытыгар махтал, уруй-айхал!
Дьиэ кэргэнинэн сынньалаҥ бириэмэҕитин туһалаахтык атааран сахалыы кинигэлэри ааҕыҥ, сахалыы оонньуулары оонньоон, биир сомоҕо буолуҥ!