678393, РС (Якутия), Намский улус, с. Кысыл-Сыр, ул. Аммосова 74/1

НАмская МЦБС

1 Хомустахская федеральная сельская модельная библиотека нового поколения «Эйгэ»

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

15 Декабря

Ийэ олоҕу түстүүр

Алтынньы 17 күнүгэр «Улыбка» оҕону сайыннарар киинигэр ийэлэр күннэригэр анаан «Мин тапталлаах ийэкээм» диэн 3 түһүмэхтээх күрэх буолла. Ийэлэр 3 бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр, ону тэҥэ оҕолорун кытта ретро мода көрдөрөн хаамтылар. Күрэх 3-с түһүмэҕэр «Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотеката «Кини кимий?» диэн интеллектуальнай күрэҕи ыытта. Оонньуу ыйытыктара «Дьахтар олоҕу түстүүр» кинигэҕэ киирбит бастыҥ үлэлээх эбэлэрбит, ийэлэрбит, эдьиийдэрбит тустарынан буолла. Санатан эттэххэ, бу кинигэ 2024 сыллаахха 1 Хомустаах нэһилиэгэр дьахтар сэбиэтэ тэриллибитэ 60 сылыгар ананан тахсыбыта. Бүтэһигэр иитиллээччилэр ырыа ыллаан, үҥкүүлээн ийэлэрин истиҥник эҕэрдэлээтилэр уонна бэйэлэрэ оҥорбут бэлэхтэрин туттардылар.